website templates free download
Mobirise



Ылдьаа  Чаҕылҕан

Поэт, тылбаасчыт,
СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ 
Илья  Дорофеевич  Винокуров-Чаҕылҕан
төрөөбүтэ 105 сыла


Олоҕун олуктара

1914 с. от ыйын 31 күнүгэр Нам улууһун, улуу Лена биэрэгэр элбэх оҕолоох саха бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.  Нам 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран сир түҥэтиитигэр үлэлээбитэ.  Педагогическай техникумҥа үөрэммитэ, салгыы хаалан тыл уонна литература учууталынан үлэлиир. 
1934 с. Нам оскуолаларын инспектора.
1935 с. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын редактора.
1937 с. Москваҕа учебниктары таһаарар издательство редакторынан үлэлээбитэ.
1938 с. Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар саха уонна нуучча тылларын үөрэппитэ.
1938 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ.
1939 с. суруйааччы союһун правлениетыгар тылбаас секторын салайааччытынан, радио комитекка уус-уран редакторынан үлэлээбитэ.


Mobirise

Ол томтор үрдүгэр турар,
Уопсай дьиэ бэрдэ буолан,
Мин былыр оҕо сааспар
Иитиллибит оскуолам.
 


Чаҕылҕан бастакы хоһооно

Илья Чаҕылҕан бастакы хоһооно - "Совхозка" диэн
1931 сыллаахха "Эдэр Большевик" хаһыакка бэчээттэммитэ


ТАЛААННААХ ТЫЛБААСЧЫТ

Илья Чаҕылҕан бэйэтин тылбаастыыр үлэтин "Күн киирэр-тахсар, күлүмнүүр" диэн Максим Горькай биир киэҥник биллибит хоһоонун тылбаастааһынынан саҕалаабыта. Тылбаас үлэтигэр киирсибит ити маҥнайгы үлэтэ "Кыһыл ыллык" сурунаал 1933 сыл 2-3 №-гэр бэчээттэммитэ. Сити сылга кини "Чаҕылҕан уоттара" диэн хоһооннорун бастакы кинигэтэ тахсыбыта. Онон кини айар үлэтин кытта тылбааһынан бииргэ утуу-субуу дьарыктаммыта диэххэ сөп.
Григорий Тарскай
Ыстатыйалар уонна ахтыылар. - Дьокуускай. - 1975

И. Д. Винокуров - Чаҕылҕан айар үлэтин, олоҕун туһунан суруйуулар

Ала-Чуо.

Сиһилии...

Хайыьарбыт барахсан / Ала-Чуо // Чолбон. - 2008. - N 2. - С. 94.

Елисеев, И.

Сиһилии...

Ча5ыл5анна : [хоьооннор] / И. Елисеев, Т. Замятин, М. Наумова, П.Сыроватскай] // Ленин суола. – 1989. – Атырдьах ыйын 3 к.

Алексеева, Г. Г.

Сиһилии...

Ча5ыл5ан ча5ылхай талааннарыттан биирдэстэрэ / Г. Г. Алексеева // Энсиэли. - 1999. - От ыйын 3 к.

Копырин, Николай. 

Сиһилии...

Поэт Ча5ыл5ан / Николай Копырин // Чолбон. - 2004. - N 7. - С. 78-80.

Апросимов, Г. Е.

Сиһилии..

Учууталбыт Ылдьаа хайдах киьи этэй? / Г. Е. Апросимов // Энсиэли. - 2004. - От ыйын 31 к. 

Кривошапкин, Г. И. 

Сиһилии...

Ча5ыл5ан - барыбыт таптала / Г. И. Кривошапкин // Энсиэли. - 2009. - От ыйын 29 к.

Башарин, Г. П.

Сиһилии...

Талааннаах Ча5ыл5ан / Г. П. Башарин // Хотугу сулус. - 1986. - N 8. - С. 85-89.

Сабарайкина, Л. М.

Сиһилии...

Илья Ча5ыл5ан - уус-уран тыл маастара/ Л. М. Сабарайкина // Чолбон. - 2008. - N 2. - С. 93.

Данилов, Софрон.

Сиһилии...

Ча5ыл5ан / Софрон Данилов // Хотугу сулус. - 1975. - N 1. - С. 113-119.

Ча5ыл5анныы ча5ылхай

Сиһилии...

: [ыстатыйалар] / сост. У. Д. Сивцева. - Нам 2009. - 50 с.

Mobirise

И. Д. Винокуров чаҕылхай талааннарыттан биирдэстэрэ
Саха поэта Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан куһаҕана суохтук уруһуйдуура. Хомойуох иһин, кини үгүс үлэлэрэ сүтэн-оһон хаалбыттар. Ол да үрдүнэн билигин баар уруһуйдара худуоһунньук дьоҕурун үчүгэйдик көрдөрөллөр. Чаҕылҕан хоһоон суруйарын ойоҕос өттүгэр уруһуйдуур буолара. Ити уруһуйдара кини поэтическай уобарастарын толорон, чуолкайдык биэрэллэр. Поэт саха үгүс худуоһунньуктарын кытта ыкса сибээһи тутуһара. Кини Саха АССР норуодунай худуоһунньуктарын П. П. Романовы, М. М. Носовы, худуоһунньук Ф. Т. Павловы уонна миигин кытта өр сылга истиҥник доҕордоспута.

Лев Габышев

саха АССР искусствотын үтүөлэх деятелэ

Кыым. - 1964. - От ыйын 30 к.

Үтүө куоластаах ырыаһыт,музыкант

Чаҕылҕан дэгиттэр сайаҕас уонна улахан талааннаах киһи быһыытынан биллэр. Кини - художник, үтүө куоластаах ырыаһыт, музыкант этэ. Таптыыр ырыаларынан этилэр: "Шотландская застольная" (Бернс хоһооно), "Доҕуурга тууйа-бобо туттаран тоҥон, тоҥон өллө туллук" (Корнилов композитор музыката). Араас ырыалары,  романстары  ыллыырын  сөбүлүүрэ уонна гитараҕа олус үчүгэйдик оонньуура.  60 -тан тахса классическай ариялары уонна романстары, ону таһынан  элбэх нуучча норуодунай ырыаларын саха тылыгар тылбаастаабыта. 

"Хайыһар ырыата" саха  дьолугар айыллыбыт ырыа"
Семен Попов-Тумат

Бу  И. Д. Винокуров - Чаҕылҕан 1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр суруллубут "Хайыһар" ырыата киэҥник биллибитэ, билигин да уостан түспэт ырыаларга киирсэр.
И. Чаҕылҕан тыл, А. Костин мел.

© Намская улусная библиотека им. Н. М. Рыкунова
Отдел информационных ресурсов